“Бараахап дьыктаана”
Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 88 сыла.
Саха сирин арҕаа өттүгэр, Бүлүү өрүс орто сүүрээнигэр тайаан сытар. Сирин ньуура дэхси. Кыраныыссалаһар улуустара: хотуттан Өлөөн уонна Бүлүү улуустара, илинтэн Горнай улууһа, соҕурууттан Өлүөхүмэ улууһа, соҕурулуу-арҕааттан уонна арҕааттан Сунтаар уонна Ньурба улуустара. Улууска кумах ардайдаах туой курдук тутуу матырыйаала, киэҥник таҕаммыт сиртэн хостонор баай биирдиилээн көрүҥнэрэ баар. Былыр көмүс сууйаллара. Улууска 2006 сылтан поселенческай таһымнаах 21 олохтоох тэриллии үөскээн үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салаатынан […]
Оройуоммут төрөөбүт күнүгэр аналлаах кроссворта таай, бэйэҕин тургутан көр.
Саха автономиятын төрүттэспит, государственнай, политическай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар «Бараахап туһунан ырыа» ырыаны күргүөмүнэн толоруу
Кылгас эрээри чаҕылхай олох
2023 – Саха сиригэр учуутал уонна настаабынньык сыла.
Васильева Галина Николаевна 1949 сыллаахха Мэнэ Хангалас Доллу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьонноро Yөhээ Бүлүү Далырыгар көһөннөр 1967 с. онно орто оскуоланы бүтэрбитэ. Онтон Ньурбатааҕы педкылааһы бүтэрэн иитээччи идэтин ылан Сургуулук детсадыгар ананан үлэтин саҕалаабыта. 1977-1988 cc. Кырыкый детсадыгар үлэлииригэр общественнай үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Райсовет, «Дуллуку» совхоз уонна Кырыкый нэһилиэгин грамоталарынан наҕараадаламмыта. Кэтэхтэн үөрэнэн 1985 с. Магаданнааҕы […]
ССРС КУЛЬТУРАТЫН ТУЙГУНА, САМОДЕЯТЕЛЬНАЙ КОМПОЗИТОР-НИКОЛАЙ ИВАНОВИЧ БОЙЛОХОВ
ОЛОҔУН ОҤКУЛЛАРА (1929 – 1988) 1929 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1946 сыллаахха Далыр сэттэ кылаастаах оскуолатын, онтон Үөһээ Бүлүүгэ киирэн, орто оскуола ахсыс кылааһын бүтэрбит. 1950—1953 сс. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт, кэлээт икки сыл телеграфка үлэлээбит. 1954—1955 сс. комсомол ыҥырыытынан Кэнтиккэ библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. 1955—1957 […]
Базаров Семен Степанович.
Семен Степанович Базаров 1915 с. атырдьах ыйыгар Yѳhээ Бүлүү улууhугар Хомустаах нэhилиэгэр дьадаҥы бааhынай кэргэҥҥэ тѳрѳѳбүтэ. 1929 с. олорор дэриэбинэтигэр – Хомустаах Кѳлүйэ5э ликпуун аhыллыбыта. Онно Сэмэн уол С.А. Новгородов оҥорбут алфавитынан буукубаларын холбоон аа5арга, суруйарга үѳрэммитэ. Ол күhүнүгэр Хомустаах нэhилиэгэр икки кылаастаах начаалынай оскуола аhыллыбытыгар үѳрэммитэ. Оскуола икки кылааhын биир кыhын бүтэрбитэ, комсомолга […]
Саха бастакы геолога-Лебедкин Иван Петрович.
Лебедкин Иван Петрович – 1906 муус устар 11 күнүгэр күн сирин кѳрбүтэ. Саха бастакы геологтарыттан саамай ча5ылкай представителэ- Yѳhээ Бүлүү Хомустаах нэhилиэгиттэн тѳрүттээх. Кини Москватаа5ы геологоразведочнай институту биир бастакынан бүтэрбит, талааннаах геолог, кѳмүс хостооhунугар геологическай сулууспаны тэрийээччи. 1937 с. «Якутзолото» трест кылаабынай инженера. Иван Петрович дьиҥнээх патриот этэ, олохтоох ньэhилиэнньэни промышленноска тардыыга элбэх үлэни ыыппыт […]
Александр Алексеевич Габышев – Саха АССР үтүѳлээх артыыhа
Александр Алексеевич Габышев Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын 22 күнүгэр 1924 сыллаахха кыанар дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ. 1941 с. Ньурба оройуонун Араҥастаах нэhилиэгэр сэттэ кылаастаах оакуоланы ситиhиилээхтик үѳрэнэн бүтэрбитэ. 1942 с. Алтынньы ыйыгар Ньурбатаа5ы 2-с государственнай колхознай-драматическай театрыгар практикант-артыыhынан үлэтин са5алаан 1949с. дылы артыыhынан үлэлиир. 1949 с. алтынньытыттан Дьокуускайдаа5ы П.А.Ойуунускай аатынан государственнай музыкальнай- драматическай […]