
Васильева Галина Николаевна
1949 сыллаахха Мэнэ Хангалас Доллу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьонноро Yөhээ Бүлүү Далырыгар көһөннөр 1967 с. онно орто оскуоланы бүтэрбитэ. Онтон Ньурбатааҕы педкылааһы бүтэрэн иитээччи идэтин ылан Сургуулук детсадыгар ананан үлэтин саҕалаабыта.
1977-1988 cc. Кырыкый детсадыгар үлэлииригэр общественнай үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Райсовет, «Дуллуку» совхоз уонна Кырыкый нэһилиэгин грамоталарынан наҕараадаламмыта. Кэтэхтэн үөрэнэн 1985 с. Магаданнааҕы пединституту бүтэрэн начальнай кылаас учууталын идэтин ылар.
1988 с. Хомустаах детсадыгар сэбиэдиссэйинэн ананар уонна бу сыл детсад дьиэтин ситэрэн үлэҕэ киллэрэр. Дүллукугэ Хомустаахтан нэһилиэк депутатынан талыллан үлэлиир. 1993 с. Саҥа тэриллибит Хомустаах нэһилиэгэр депутаты талыллар.
1994 с. Сана программаны көмүскээн улууска бастакынан икки үөрэх тэрилтэтэ холбоһон саҥа биир үөрэх тэрилтэтэ, оскуола-сад аһыллар, онно Галина Николаевна директорынан ананар.
1995 с. Улуус Мунньаҕын депутатынан талыллан үлэлиир кэмигэр рынок ыарахан тыына детсадтары, интернаттары сабыллар турукка киллэрбитэ. Элбэх туруорсуу үлэтин ыытан бу тэрилтэлэр көмүскэллээх буолалларын ситиспитэ. Депутатынан үлэлиирин кэмигэр бары тэрилтэлэрэ ыһыллыбакка улэлииллэригэр бары күүһүн уурбута. Хомустаахха учууталларга аналлаах уопсай дьиэни үлэҕэ киллэрбитэ.
2000 сылтан оскуола-сад үөрэҕин хаачыстыбата үрдүүрүгэр уонна үөрэтии саҥа ньыматын көрдөөһүҥҥэ «Айылҕа уонна киһи» программанан үөрэтиини саҕалаабыта. Оскуола-сад коллектива Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын кытта үөрэтии ситимигэр киириитигэр ааны аспыта. Оскуола-сад коллективын улахан аҥаара үрдүк үөрэхтэммиттэрэ уонна илэ урдук таһымыгар тахсыбыттара. Оскуола үөрэнээччилэрэ уонна детсад иитиллээччилэрэ үрдүк хаачыстыбалаах билии таһымыгар тахсыбыттара. 2001, 2002, 2003, 2004 сылларга араас таһымнаах улуустааҕы, республиканскай семинардарга, курстарга коллектив кыттыыны ылбыта. Үөрэнээччилэр уонна иитиллээччилэр араас конкурстарга ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
2005 с. Республиканскай научнай-практическай конференцияны тэрийэн Хомустаах оскуола-сада ноосфернай үөрэхтээһиннэ ситиспит опытын Сунтаар, Бүлүү, Томпо Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарын дьүүлүгэр таһаарбыта.
2007 с. инновационнай проектар фестивалларыгар Дьокуускай куоракка ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ.
2007 с. быыбар түмүгүнэн Хомустаах нэһилиэгин баһылыгынан талыллыбыта. Билигин Хомустаах нэһилиэгин Устуоруйа уонна кыраайы үөрэтии мусуойун үлэһитэ.
Наҕараадалара: Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация үөрэх уонна наука министерствотын, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын, Саха Республикатын үөрэҕин Министерствотын учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт грамоталара, улуус үөрэҕин управлениетын начальнигын грана.