
Саха сирин арҕаа өттүгэр, Бүлүү өрүс орто сүүрээнигэр тайаан сытар. Сирин ньуура дэхси. Кыраныыссалаһар улуустара: хотуттан Өлөөн уонна Бүлүү улуустара, илинтэн Горнай улууһа, соҕурууттан Өлүөхүмэ улууһа, соҕурулуу-арҕааттан уонна арҕааттан Сунтаар уонна Ньурба улуустара.
Улууска кумах ардайдаах туой курдук тутуу матырыйаала, киэҥник таҕаммыт сиртэн хостонор баай биирдиилээн көрүҥнэрэ баар. Былыр көмүс сууйаллара. Улууска 2006 сылтан поселенческай таһымнаах 21 олохтоох тэриллии үөскээн үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салаатынан ынах, сылгы сүөһүнү иитии буолар. Ону таһынан туораахтаах культураны, оҕуруот аһын, хортуосканы үүннэрииннэн дьарыктаналлар.