Семен Степанович Базаров 1915 с. атырдьах ыйыгар Yѳhээ Бүлүү улууhугар Хомустаах нэhилиэгэр дьадаҥы бааhынай кэргэҥҥэ тѳрѳѳбүтэ. 1929 с. олорор дэриэбинэтигэр – Хомустаах Кѳлүйэ5э ликпуун аhыллыбыта. Онно Сэмэн уол С.А. Новгородов оҥорбут алфавитынан буукубаларын холбоон аа5арга, суруйарга үѳрэммитэ. Ол күhүнүгэр Хомустаах нэhилиэгэр икки кылаастаах начаалынай оскуола аhыллыбытыгар үѳрэммитэ. Оскуола икки кылааhын биир кыhын бүтэрбитэ, комсомолга киирбитэ. Комсомол кэккэтигэр 1929 сылтан партия чилиэнэ буолуор диэри сылдьыбыта. 1934 сылга 7 кылаастаах Бүлүү куоратын оскуолатын 3 сыл иhигэр үѳрэнэн бүтэрбитэ. Ити сылга кини Дьокуускай педрабфагар үѳрэххэ киирбитэ. 1939 сылга Дьокуускай куоракка госиздат литературнай редакторынан, 1940 – 1943 сс. редактор солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
1943 с. А5а дойдуну кѳмүскүүр сэрии бара турда5ына, партия уураа5ын толорон, тѳрѳѳбүт – үѳскээбит оройуонугар Yѳhээ Бүлүүгэ «Yѳhээ Бүлүү большевига» диэн ааттаах хаhыаты тѳрүттээбитэ.
Отуттан тахса сыл араас оруйуоннарга хаьыаттар редактордарынан үлэлээбитэ. 1950 сылга Горнай оройуонугар «Yлэ күүhэ» диэн ааттаах хаhыаты тэрийбитэ уонна редакторынан үлэлээбитэ.
1963 сылга Бүлүү улууhугар «Коммунизм сардаҥата» диэн саҥа хаhыаты тэрийбитэ. 1966 – 1975 сс. Бүлүү куоракка «Октябрь суола» хаhыакка редактор солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Кини бүтэhик үлэлээбит сирэ – Дьокуускай куоракка республикатаа5ы киин архыып. Итиннэ кини старшай инспекторынан 1975 – 1993 сылларга диэри үлэлээбитэ. Yйэтин бэчээт органнарыгар анаан, үрдүктүк сыаналанан, СР культуратын үтүѳлээх үлэhитинэн, улуус Бочуоттаах киhитэ аатынан, араас элбэх на5араадаларынан бэлиэтэммитэ.