Вход в личный кабинет

Александр Алексеевич Габышев – Саха АССР үтүѳлээх артыыhа

Александр Алексеевич Габышев Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын  22 күнүгэр 1924 сыллаахха  кыанар дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ.

1941 с. Ньурба оройуонун Араҥастаах нэhилиэгэр сэттэ кылаастаах оакуоланы ситиhиилээхтик үѳрэнэн бүтэрбитэ. 1942 с. Алтынньы ыйыгар Ньурбатаа5ы 2-с государственнай колхознай-драматическай театрыгар практикант-артыыhынан үлэтин са5алаан 1949с. дылы артыыhынан үлэлиир.

1949 с. алтынньытыттан Дьокуускайдаа5ы  П.А.Ойуунускай аатынан государственнай музыкальнай- драматическай театрга артыыһынан үлэлии сылдьан, 1950 с. М.С. Щепкин аатынан Москватаа5ы театральнай училище5а үѳрэххэ барар (1950-1954 сс.). Училищены хойутуу 1962 с. бүтэрэр.

 1954-1960сс. Дьокуускайдаа5ы П.А.Ойунскай аатынан государственнай  музыкальнай-драматическай театрга кылаабынай  администраторынан, 1960-1963 сс. артыыhынан, 1963-1966 сс. Дьокуускайдаа5ы концертнай-эстраднай бюро дириэктэринэн уонна театр директорын солбуйааччытынан үлэлиир.

 1966 с.Ньурбатаа5ы көһө сылдьар государственнай драматическай театрга директорынан ананан тыа сиригэр салайааччы ыарахан  үлэтин санныгар сүкпүтэ. Үрдүк таһаарыылаах салайар үлэтин сыаналаан үрдүкү салалта 1974 с. Дьокуускайга ыныран “Якуттеатр” объединение директорынан үлэлиир. “Якуттеатр” объединены уларыта тутуу буолбутугар, А.Габышев П.А.Ойуунускай аатынан государственнай музыкальнай – драматическай театрга  директорынан хаалан, 1983 с. доруобуйатын туругунан пенсия5а тахсыар диэри үлэлиир.

Артыыс быhыытынан тутаах оонньообут оруоллара: Яго – “Отелло” (В.Шекспир), Тон – “Айаал” (С.Омоллоон), Аркадий Павлович – “Платон Кречет” (А.Корнейчук), Васин – “Нуучча дьонноро” (К.Симонов), Нара5ан о5онньор “Лоокуут уонна Ньургуhун” (Т.Сметанин), Полковник – “Сахалар ааттарыттан” (Софрон Данилов), Бэhиэччик – “Дьаданы Дьаакып” (А.Софронов) уо.д.а.

1972 с. А.А. Габышевка Саха АССР театральнай искусствотын сайдыытыгар сүдү кылаатын иhин Саха АССР үтүѳлээх артыыhа бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.

На5араадалара: “В.И.Ленин тѳрѳѳбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иhин” мэтээл, РСФСР Yрдүкү Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамотата. 

А.А. Габышев ыарахан ыарыыттан 1986 с. алтынньы 10 күнүгэр ѳлбүтэ.

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации