Николай Алексеевич Габышев – САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, А.Я.Уваровскай премия лауреата.
Саха биир биллиилээх драматура, прозаига,кэпсээнньитэ, тылбаасчыта уонна биhиги биир дойдулаахрыт Николай АлексеевичГабышев 1922с. муус устар 10 күнүгэр Yѳhээ Бүлүү улууhун Хомустаах нэhилиэгин“Чоҕунуур” диэн алааска бааhынай дьиэ кэргэнигэр тѳрѳѳбүтэ. Кини Якутскайдааҕы учительскай, онтонпедагогическай институту уонна Москватаа5ы М.Горькай аатынан Литературнайинститут иhинэн Yрдүкү литературнай курсу үѳрэнэн бүтэрбитэ. Пединституту бүтэрээт 1940 с. Аллайыахаоройуонугар Амычаан оскуолатыгар 1947 сылга диэри учууталынан, […]
Никифор Кирикович Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап 110 сыла.
Үлэ Кыһыл знамята орденнаах бастыҥ доярка Ильина Анна Ивановна
Ильина Анна Ивановна 1932 сыллаахха сайын Чоҕунуурга, Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөн, кыра эрдэҕиттэн тулаайах хаалан Үөһээ Бүлүүтээҕи детдомҥа иитиллэр. Детдомҥа олорон түөрт кылааһы үөрэнэн бүтэрэр. 1945 сыллаахха дойдутун наһаа ахтар буолан, 4 сыл детдомҥа олорон баран Хомустаахха, Ильин Капитоннаахха күрээн кэлэр. Ол саҕана кинилэр Чараҥнаах алааһыгар олороллоро. Анна Ивановна колхоз, совхоз ыарахан […]
Н.А. Габышев
Сэмэн Руфов — суруйааччы, саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ төрөөбүтэ 95 сыла.
1927 сыллаахха ахсынньы 7 күнүгэр Саха АССР Үөһээ Бүлүү оройуонун Тамалакаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбит. 1954 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуола бибилэтиэкэҕэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. Хас да сыл тыа сирин бибилэтиэкэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. 1957—1958 сс. — “Эдэр коммунист” хаһыат литсотруднига. 1962 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. 1963 с. А. М. Горькай аатынан Литература институтун […]
“Олоҥхо дьыктаана”
“Дапсы дьыктаана”
Тыл билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, «Ийэ тыл» Тойон Сүбэтин чилиэнэ, «Биһирэм тыл» биэрии ааптара, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык киһитэ Михаил Петрович Алексеев-ДАПСЫ күн сирин көрбүт күнүгэр биһиги улууспутугар “Биһирэм тыл” күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн үгэскэ кубулуйбут “Дапсы дьыктаана” ыытыллыбыта. Ол курдук биһиги нэһилиэккэ […]