
Ильина Анна Ивановна 1932 сыллаахха сайын Чоҕунуурга, Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөн, кыра эрдэҕиттэн тулаайах хаалан Үөһээ Бүлүүтээҕи детдомҥа иитиллэр. Детдомҥа олорон түөрт кылааһы үөрэнэн бүтэрэр. 1945 сыллаахха дойдутун наһаа ахтар буолан, 4 сыл детдомҥа олорон баран Хомустаахха, Ильин Капитоннаахха күрээн кэлэр. Ол саҕана кинилэр Чараҥнаах алааһыгар олороллоро. Анна Ивановна колхоз, совхоз ыарахан үлэтигэр кыра эрдэҕиттэн эриллэн улааппыта. Хомустаахха кэлэн баран 1948-1982 сылларга дылы доярканан, телятницанан үлэлээбит, 16 ынаҕы туппут. Ол саҕана 3 хотон баара, сэбиэдиссэйинэн Ильина Александра Григорьевна этэ. Үлэлиир кэмигэр кини үрдүк көрдөрүүтэ биир ынахтан 3000 кирбиини ылан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара, ыччат наставнига этэ. 1970 сыллаахха оройуоҥҥа, Дьокуускай куоракка слекка кыттыбыта, опыт атастаһа Көтөрдөөҕүнэн, Боотулуунан, Сургуулугунан сылдьыбыта. 1970 сыллаахха уһулуччу үлэҕэ ситиһиитин иһин “Үлэ Кыһыл Знамята” орденынан, “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла” туолуутун бэлиэтээн “Килбиэннээх үлэтин иһин” диэн юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаланар. Кэлин убайыттан Ильин Яков Ивановичтан уол оҕо ииттэ ылбыта. 1982 сыл алтынньы 28 күнүгэр пенсияҕа тахсыбыта. Пенсияҕа тахсан баран сүөһүтүн-аһын эспэккэ олорбута.