Вход в личный кабинет

Николай Алексеевич Габышев – САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, А.Я.Уваровскай премия лауреата.

Саха биир биллиилээх драматура, прозаига,
кэпсээнньитэ, тылбаасчыта уонна биhиги биир дойдулаахрыт Николай Алексеевич
Габышев 1922с. муус устар 10 күнүгэр Yѳhээ Бүлүү улууhун Хомустаах нэhилиэгин
“Чоҕунуур” диэн алааска бааhынай дьиэ кэргэнигэр тѳрѳѳбүтэ.

Кини Якутскайдааҕы учительскай, онтон
педагогическай институту уонна Москватаа5ы М.Горькай аатынан Литературнай
институт иhинэн Yрдүкү литературнай курсу үѳрэнэн бүтэрбитэ.

Пединституту бүтэрээт 1940 с. Аллайыаха
оройуонугар Амычаан оскуолатыгар 1947 сылга диэри учууталынан, директорынан
үлэлээбитэ. 1947 с. куоракка кѳhѳн кэлбитэ, чинчийэр – айар үлэтин саҕалаабыта.
Yѳрэх министерстватыгар сектор начальнигынан үлэлээбитэ. 1949 – 1951
сс.   кинигэ издательствотыгар учебнигы таhаарыы редакторынан, 1951
-1957 сс. учуталлыыр. 1957 – 1963 сс. «Хотугу сулус» сурунаал редакциятыгар
эппиэттиир секретарынан, 1963 – 1970 сс. Саха сиринээ5и телевидения5а уонна
радионан биэриигэ комитет кылаабынай редакторынан, Саха сирин суруйааччыларын
союhугар бырабылыанньа бэрэстээтэлин солбуйааччынан, литконсультанынан, проза
отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Н.А.Габышев саха литературатыгар кэпсээнньит
быьыытынан киэҥник биллибитэ. Кини айымньылара 1946 сылтан ыла бэчээттэнэллэр.
Элбэх лирическай, юмористическай, сатирическай кэпсээннэри, миниатюралары
суруйбута. Аан бастаан 1951 с. «Ыраах Амычааҥҥа» диэн сэhэнэ кинигэнэн
бэчээттэнэн тахсыбыта. Онтон утуу – субуу «Билэр дьонум», «Ый күлэр», «Таптал»,
«Эн биhикки олохпут», «Сүүс кэпсээн» диэн кинигэлэрэ тахсыталаабыттара. «Yтүѳ доҕоттор»
диэн аҕа кѳлүѳнэ суруйааччылар туhунан кинигэ ыччакка анаммыта. Кэлин «Кѳрдѳѳх
Күндэлэй» уонна «Күhүҥҥү кустук» диэн сэhэннэрэ кинигэ буолан бэчээттэммиттэрэ.

Оло5ун тиhэх күннэригэр диэри «Максим Мандаров»,
«Күѳх харахтаах саха кыыhа» диэн айымньылары суруйа, оҥоро сылдьыбыта. Маны
таhынан «Икки дьол», «Кыhыл кѳмүс балык», «Солооhун» диэн пьесалары суруйан,
Саха театрыгар туруортарбыта. Кини тылбааhынан М.Горькай «Араҕас абааhы
куората» диэн памплета, В.Ажаев «Москваттан ыраах» диэн романа уо.д.а. саха
аа5ааччыларыгар тиийбиттэрэ.

Оскуола учебниктарын, хрестоматияларын, үѳрэх
программаларын оҥорууга эмиэ күүскэ үлэлэспитэ. Кини Индигир тѳрдүгэр олохтоох
нууччалар фольклордарын хомуйбута. 

Кэргэнинээн Кучарова Татьяна Прокопьевналыын 4
о5олоохтор, Максим, Галина, Алексей, Владимир.

Н.А.Габышев Саха АССР Верховнай Советын, РСФСР
Верховнай Советын Президиумнарын Бочуотунай грамоталарынан уонна ССРС
медалларынан на5араадаламмыта. Н.А.Габышев – Саха АССР культуратын үтүѳлээх
үлэhитэ, 1957 с. ССРС суруйааччыларын Союhун чилиэнэ. Кини 1991 с. ахсынньы 8
күнүгэр ыалдьан ѳлбүтэ.  

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации