Хомустаах ытык бэлиэ сирдэрэ.

Хомустаах кэрэ айылҕалаах, киэргэтэн оҥорбут курдук хатыҥ-чараҥ алаастардаах, тумул арыы тыалардаах, киһи-сүөһү таптаан үөскээбит сирэ. Хомустаах нэһилиэгэ сирэ иэнинэн кыра. Ол гынан бара сирэ-уота өрүс үрдүгэр турар буолан, былыр-былыргыттан айан суолун аартыга, кэлии-барыы киинэ этэ диэн историяҕа ахтыллар уонна кырдьаҕастар да кэпсииллэринэн ол чуолкайа биллэр. Манна өрүс үс аартыгынан: Сиэллээх, Улахан Аартык, Торой диэннэринэн Бүлүү […]