Хомустаах ытык бэлиэ сирдэрэ.

Хомустаах кэрэ айылҕалаах, киэргэтэн оҥорбут курдук хатыҥ-чараҥ алаастардаах, тумул арыы тыалардаах, киһи-сүөһү таптаан үөскээбит сирэ. Хомустаах нэһилиэгэ сирэ иэнинэн кыра. Ол гынан бара сирэ-уота өрүс үрдүгэр турар буолан, былыр-былыргыттан айан суолун аартыга, кэлии-барыы киинэ этэ диэн историяҕа ахтыллар уонна кырдьаҕастар да кэпсииллэринэн ол чуолкайа биллэр.

Манна өрүс үс аартыгынан: Сиэллээх, Улахан Аартык, Торой диэннэринэн Бүлүү куораттарыгар, Үөһээ Бүлүүгэ, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ сылдьаллара. Былыр Торойга атыыһыттар борохуоттара тохтоон ааһарыгар хас да күннээх дьаарбаҥка тэрийэллэрэ үһү. Өрүс чугаһыгар баар нэһилиэктэргэ таһаҕас кэлэн сүөкэнэрэ. Ону атынан, оҕуһунан тиэйэн бараллара.

Оччотооҕуга Бээй атыыһыт улахан дьиэтэ уонна үс хостоох ыскылаат баара. Нэһилиэккэ улахан биллэр баайынан Бээй баай уола Дмитриев Алексей Спиридонович буолара биллэр. Кини олоҕо үс сиргэ баара «Чоҕунуурга» кыстыыллара, «Үҥүү Сүппүккэ» лааппылааҕа, Торойго сайылыыллара. Кыстык дьиэлэрэ 3 хостоох улахан киэҥ дьиэ, иннигэр ааннаах улахан ампаар, таһыгар кыра дьиэ баара, төгүрүччү олбуордаах тэйиччи улахан хотоннооҕо. Сайылыгар Торойго уһун икки хостоох дьиэ, 3 хостоох ыскылаат уонна Кириэстээх хайатын аппатын сирэйин дьөлө хаһан оҥоһуллубут 3 хостоох булуус, ол дьиэттэн чугас эмиэ элбэх хостоох дьиэлээҕэ. Кэнники дьиэтэ 1928 сыллаахха оскуола буолан, Торойго арыллыбыта. Манна улуус, республика биллиилээх дьоно, Саха народнай суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Якутскай, А.С. Гольдман, Р.М. Поскачин, күүстээҕинэн биллэр П.В. Таракаров о.д.а. үөрэхтэрин саҕалаабыттара.

Алексей Спиридонович Дмитриев уолаттара Николай уонна Александр «Чоҕунуурга» төрөөбүттэрэ. Былаас уларыйыытыгар аҕалара уолаттарын ийэлэрин кытары Ньурбаҕа ыыппыта. Онон уолаттар ийэлэрин араспаанньатынан Габышевтар буолбуттара. Габышев Николай Алексеевич – саха биллиилэх суруйааччыта, тылбаасчыт, драматург, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ; Габышев Александр Алексеевич – Саха драматическай театрын директора, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.

Дмитрий Афанасьевич Лебедкин – Мииккэ Кинээс уонна Андрей Дмитриевич Лебедкин педагог-экспериментатор уонна методист.

Иккис баай киһинэн Лебедкин кулуба буолар. Кини эмиэ улуус кулубатынан үлэлээбитэ. Атыынан-эргиэнинэн дьарыктанара. Ону таһынан биллэр улахан хаһаайыстыбалааҕа. Киниттэн 3 уол төрөөбүтүттэн Иван Петрович Лебедкин саха бастакы геологтарын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар. Кини Москватааҕы геологоразведочнай институту бүтэрбитэ. 1937 сыллаахха «Якутзолото» трест кылаабынай инженеринэн анаммыта. Кинини олохтоох нэһилиэнньэни промышленноска тардыыга элбэх үлэни ыыппыт бастакы патриот салайааччынан билинэллэр.

ХХ үйэ саҕаланыытыгар, 1920 сыллаахха Хомустаах нэһилиэгэ тэриллибитэ. Ити кэмҥэ улахан аҕа уустара: Халбаакылар, Бөлүөстүгэстэр, Лебедкиннэр, Хараабайдар уонна Уйбаан аҕатын ууһа Дойдуковтар баһылаан олороллоро. 1929 сыллаахха диэри аҕа уустарынан тарҕанан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанан олорбуттара. Бу сыл Хомустаах нэһилиэгэр Ленин аатынан артыал тэриллэр. Маҥнайгы бэрэссэдээтэлинэн Варфоломеев Николай Николаевич-ыаhай талыллан үлэлээбитэ.

1930 с. балык артыалын тэрийбиттэрэ.

1950 сылларга диэри Ленин аатынан холкуос кыанар, сэниэ хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар оройуоҥҥа биллэр буолан барбыта. Сыл түмүгэр холкуостаахтар элбэх көлөһүн күнүн аахсан, эти, арыыны, харчыны түҥэттэр, элбэх дохуоту ылар буолбуттара. Ити курдук үчүгэйдик үлэлии олордохторуна, 5 холкуоhу холбоон, биир улахан Ленин аатынан холкуоһу тэрийбиттэрэ. Онтон Хомустаах нэһилиэгэ улаханнык айгыраабыта, үгүс тутуулары атын сиргэ көһөрбүттэрэ. Итини таһынан салалта, холкуостаахтар көһүүлэрэ саҕаламмыта. Хомустаах биригээдэ диэн ааттанар буолбута.

1985 сыллаахха Хомустаах туһунан отделение буолбута. 1993 с. бэс ыйын 14 күнүттэн Хомустаах саҥа нэһилиэк аатын сүгэн, күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэк олоҕо салҕанар.

Республикаҕа киэҥник биллибит оһуохайдьыт, олоҥхоһут, тойуксут, ветеринар, А5а дойду сэриитин бэтэрээнэ, Ил Дархан А.С. Николаев эһэтэ биир дойдулаахпыт Андрей Титович Титаров 100 сааhыгар сэргэ уонна бюст туруоруута. 

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл үлэһиттэригэр пааматынньыктар.

Бэлиэ сирдэр, пааматынньыктар:

  • Чоҕунуур – Н.А., А.А. Габфшевтар төрөөбут алаастара.
  • Хомустаах арыылара – Сиэллээх, Улахан Аартык, Торой
  • Торой – 1928 с. бастакы оскуола арыллыбыта.
  • Дмитрий Афанасьевич Лебедкин – Мииккэ Кинээс уонна Андрей Дмитриевич Лебедкин педагог-экспериментатор уонна методист бюстара.
  • Андрей Титович Титаров аналлаах сэргэ уонна бюст.  
  • Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл үлэһиттэригэр пааматынньыктар.