
06.11.1936 с. Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан Оноҕоччут нэһилиэгиттэн төрүттээх. 1943 сыллаахха Бүлүү куораттааҕы оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрбиттэр. 1945 с. Боотулуу 7 кыл. оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1954-57 сс. Үөһээ Бүлүү И. Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэммитэ. 1957-62 сс. СГУ саха тылын салаатын маҥнайгы бүтэрээччи. 1962 сылтан Хоро 8 кыл., Далыыр, Үөһээ Бүлүү орто, киэһээҥҥи оскуолатын учуутала, хомсомуол кэмитиэтигэр оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ. 1965 с. Тыл, литература, история институтугар үлэлиир. 2 сыл горисполкомҥа инженер дуоһунаһыгар олорбута. 2 сыл «Эдэр коммунист», 13 сыл «Кыым» хаһыакка үлэлээбитэ. 1982 с. ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ буолбута. 1989 с. «Түөлбэ тылын тылдьытыгар» кыттыгас үлэтин салҕыырга ТЛИИ кэлбитэ. Билигин CP НА ГЧИ-гэ наука аҕа үлэһитэ. 2000 с. «Саха тылын култуурата: тыл үйэлээх үгэһиттэн туорааһын» диэн тиэмэҕэ тыл үөрэҕин хандьытаата буолар диссэртээссийэтин көмүскээн, учуонай истиэпэнин ылбыта. 1992 сылтан Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар «Биһирэм тыл» диэн биэриини ыытар.«Кырастаньыын килбиэнэ», «Учууталлар учууталлара», «Үтүөнү билинии» диэн наҕараадалаах.
? М.П. Алексеев -Дапсы кинигэлэрин аатын бу сигэннэн киирэн таай