“Дапсы дьыктаана”

Үөһээ Бүлүүгэ сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис – учуонай Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ – “БИҺИРЭМ ТЫЛ күнүнэн” бэлиэтэммитэ 6 сыла.

Сэтинньи 6 күнүгэр “Биһирэм тыл күнүн” иитинэн VI төгүлүн “Дапсы дьыктаана” ыытылынна. Биһи нэһилиэк эмиэ туора турбакка М.П. Алексеев-Дапсы 90 сааһын көрсө “ДАПСЫ дьыктаанын” суруйдубут. Уопсайа 5 киһи кыттыыны ылла.