“Дапсы дьыктаана”

Сэтинньи 6 күнэ — саха тыла чөл туруктаах буоларын туһугар элбэх сыратын биэрбит лингвист-учуонай, публицист, поэт, литературнай кириитик Михаил Петрович Алексеев — Дапсы күн сиргэ көрбүт күнэ.
Бу бэлиэ күнү сыл аайы улууспутугар киин бибилэтиэкэ Дапсы дьыктаанын тохтобула суох ыыталлар. Ол иһигэр Хомустаах бибилэтиэкэтэ эмиэ үгэс быһыытынан кыттар. Быйыл дьыктааны 7 киһи суруйда.