“Улуу Кыайыы 77 сыла”

Төһө даҕаны бу күн ураты тымныы уонна тыаллаах курас күн буоллар, Улуу Кыайыы бырааһынньыга өрөгөйдөөхтүк бэлиэтэннэ. Хомустаах нэһилиэгин киин уулуссатын устун Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт чугас дьоннорун хаартыскаларын өрө туппут элбэх дьонноох “Өлбөт үйэлээх полка” сэлэлии хаамта.

Кыайыы скверигэр нэһилиэк баһылыга Поротова Х.П. уонна олохтоох түмэл үлэһитэ Васильева Г.Н. сэриигэ охтубут буойуннары кэриэстээн тыл эттилэр, чуумпуруу мүнүүтэтэ биллэрилиннэ. Миитин, өйдөбүнньук бэлиэлэргэ венок ууруута буолла. Киэһээ өттүгэр Н.А.Габышев 100 с. үбүлүөйүгэр анаммыт “Биһиги кыргыттар” дьүһүйүү, “Кыайыыны уһансыбыт ырыалар” нэһилиэк тэрилтэлэрин эҕэрдэ концера буолла.