Данилова Люция Даниловна

Данилова Люция Даниловна 1946 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун 3-с Үөдүгэй Үрэн нэһилиэгэр рабочай дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕоннон төрөөбүтэ. 1956 с. Дүллүкү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Онно комсомол кэккэтигэр киирбитэ. 1966 с. оскуолатын бүтэрэн Дьокуускайдааҕы Г.К. Орджоникидзе аатынан медицинскэй училищеҕа фельдшер идэтигэр үөрэнэ киирэр. 1970 с. Үрэн фельдшерскэй пуунугар сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалыыр. 1975 с. Ороhу, Дүллүкү нэһилиэктэригэр фельдшердиир. 1993-2001 сс. Хомустаах нэһилиэгэр фельдшердиир. Люция Даниловна дьиҥнээх медик буолан илиитэ сымнаҕаһа, ыарыы диагноһын быһааран эйигин эмтиирэ барыта билигин сөхтөрөр. Үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан документацияны бириэмэтигэр сөптөөхтөк оҥороро. Элбэх киһини үтүөрдэн нэһилиэк олохтоохторун махтал тылларын куруук ылара. Нэһилиэккэ улахан аптарытыатынан туһанара, кини эппитин сокуон курдук тутуһарбыт. Өр кэмнэргэ дьахталлар сэбиэттэрин председателинэн үлэлээбитэ. Үчүгэйдик ыллыыра, сыанкаларга оонньуура. 1996 с. пенсияҕа тахсар. Люция Даниловна пенсияҕа тахсан: “Дьэ сынньаныам, сиэннэрбин көрсүөм”, – диэбитэ да, олоҕун үйэтэ кылгас буолбута олус хомолтолоох. 2003 с. ыар ыарыыга ылларан Люция Даниловна биһиги кэккэбититтэн суох буолбута. Кини сырдык мөссүөнүн дьоно-сэргэтэ хаһан да умнубат.