Медиа-урок «Мир Един»

25 октября 2023 года Хомустахская сельская библиотека и Хомустахская общеобразовательная школа им. Н.А. Габышева для школьников провели единый медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек РС(Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» к Международному месячнику «Белая трость». Охват – 9 детей, 2 взрослых.

Аҕам саастаахтарга эҕэрдэ!

“Чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны, көхтөөх, уһун олоҕу! Чугас дьоҥҥут тапталлара, истиҥ сыһыаннара санааҕытын кынаттаатын! Оҕолоргут, сиэннэргит эһигини куруутун саҥа ситиһиилэринэн үөрдэ сырыттыннар, бу күн үтүө санаанан, тапталынан, эйэнэн туоллун!”- диэн туран аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн Хомустаах нэһилиэгин кырдьаҕастарыгар бэйэбит сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт.

“Библионочь – 2023”

  Ыам ыйын 26 кунугэр Хомустаах нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар «Библиотека күнэ» бэлиэ күн буолан ааста. “Кинигэ күүһэ” диэн акцияҕа кыттыыны ылыыттан саҕаланна. Хомустаах нэһилиэгин Н.А.Габышев аатынан сүрүн оскуолатын биология уонна химия учуутала Поротова Христина Петровна “Герой оҕолор” кинигэттэн “Леня Голиков хайдах Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбутай” кэпсээни алын кылаас оҕолоругар ааҕан иһитиннэрдэ. Бары кыттыбыт оҕолорго “Кинигэ күүһэ” […]

Улуу Кыайыы 78 сыла

Ыам ыйын 9 кунэ – Россия бары олохтоохторугар дириң өйдөбүллээх ытык күн буолар. Бу күн биһиги Аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит кинилэргэ булгуруйбат санааларын уонна Ийэ дойдуларыгар тапталларын иһин сүгүрүйэбит. Улуу Кыайыы, өрөгөй күнэ. Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы бырааһынньыгын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Ол курдук “Өйдөбүл төлөнө” (свеча […]

Муус устар 27 күнэ- Өрөспүүбүлүкэ күнэ!

Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. 1920 сыллаахха П.А.Ойуунускай салайааччылаах анал хамыыһыйа национальнай суверенитекка олоҕурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр дьылҕатын быһаарар бырайыагы бэлэмнээбитэ.Биир сүрүн көҕүлээччи М.К.Аммосов этэ. Чопчу кини ССКП уонна РСФСР Омуктар дьыалаларыгар норуодунай комиссариатын иннилэригэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.Кини дакылаатыгар олоҕуран, уобаластааҕы баартыйа мунньаҕа автономияны киллэрэр […]