Анисимов Павел Иванович

Анисимов Павел Иванович Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү нэһилиэгэр 1938 с. төрөөбүтэ. 3 кылааһы үөрэнэн бутэрбит уонна дьоно кыаммат буолан салҕыы үөрэммэтэх. 1954 сылтан колхоз чилиэнэ буолан үлэтин сылгыһытынан саҕалаабыта. 1963 сылга Хомустаах биригээдэтигэр “Чоҕунуур” ферматыгар, эт бородууксуйатын үрдэтиигэ социалистическай куоталаһыыга кыттыбыт.Оччолорго фермаларга ньирэйи подсостаан эмтэриигэ аһатан, улаатыннаран үрдүк кирбиини ситиһэн, республикаҕа миэстэлэһэн “Отличник социалистического соревнования […]

Дойдукова Розалия Дмитриевна

Дойдукова Розалия Дмитриевна 1946 с. Дойдукова Ульяна Ивановна дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дүллүкү оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитэ. 1965 с. Якутскайдааҕы сельхозтехникумҥа үөрэнэ киирэр. 1969 с. үөрэнэн бүтэн, агроном идэтин ылар. 1969-70 сс. Кэнтиккэ И. Барахов аатынан совхозка агрономунан үлэлиир. 1970 с. партияҕа киирбит уонна Үөдүгэй нэһилиэгэр совет председателинэн үлэлиир. 1972 с. сельхозтехникумҥа 2 сыл комсомол […]

Данилова Марфа Даниловна

Данилова Марфа Даниловна Дуллүкү нэһилиэгэр 1953 сыллаахха төрөөбүтэ. 1969 сыллаахха Дүллүкү аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Далыр орто оскуолатыгар үөрэнэн 1971 сыллаахха бүтэрэр. 1972 сыллаахха “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн девиһынан 3 кыыс буолан: Марфа Даниловна, эдьиийдии- балыстыы Яковлева Зинаида, Зоя Спиридоновналар Хомустаах учаастагар (Түөкэйгэ) В. Дойдуков аатынан ыччат ферматыгар үлэлии тахсыбыттара. 15 ынаҕы ылан 1975 сыллаахха дылы […]

“Библионочь – 2023”

  Ыам ыйын 26 кунугэр Хомустаах нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар «Библиотека күнэ» бэлиэ күн буолан ааста. “Кинигэ күүһэ” диэн акцияҕа кыттыыны ылыыттан саҕаланна. Хомустаах нэһилиэгин Н.А.Габышев аатынан сүрүн оскуолатын биология уонна химия учуутала Поротова Христина Петровна “Герой оҕолор” кинигэттэн “Леня Голиков хайдах Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбутай” кэпсээни алын кылаас оҕолоругар ааҕан иһитиннэрдэ. Бары кыттыбыт оҕолорго “Кинигэ күүһэ” […]

Улуу Кыайыы 78 сыла

Ыам ыйын 9 кунэ – Россия бары олохтоохторугар дириң өйдөбүллээх ытык күн буолар. Бу күн биһиги Аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит кинилэргэ булгуруйбат санааларын уонна Ийэ дойдуларыгар тапталларын иһин сүгүрүйэбит. Улуу Кыайыы, өрөгөй күнэ. Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы бырааһынньыгын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Ол курдук “Өйдөбүл төлөнө” (свеча […]