Аҕам саастаахтар күннэрэ.

Алтынньы 1 күнүгэр Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтиибит. Алтынньы 3 күнүгэр Хомустаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр аҕам саастаахтарга аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бу күн кинилэргэ анаммыт биэчэргэ истиҥ алгыс тыллар, эҕэрдэлэр, минньигэс астаах остуол тула олорон истиҥник кэпсэтэн,күлэн-үөрэн тарҕастылар. Өркөн өй, сахалыы ырыа лотота уонна араас оонньуулары оонньоон астынан дуоһуйа сынньанылар. Биһиги олохпутугар аҕам саастаах дьоннорбут оруолларын умнубакка, кинилэри харыстыы сылдьыаххайыҥ!