Үөһээ Бүлүү оройуонун геройдарын күнэ.

Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов. Кини сэриигэ хорсуннук кыргыһан Советскай Союз Геройун үрдүк аатын 1990 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр ССРС Президенин Ыйааҕынан ылбыта. Ленин орденын, Герой Кыһыл Көмүс Сулуһун кыыһыгар Луиза Алексеевна Мироноваҕа туттарбыттара. Герой буоларыгар тиһэҕэр тиийэ туруорсубут киһинэн ССРС народнай депутата Андрей Саввич Борисов буолар.
1949 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүгэр ССРС Верховнай Советын ыйааҕа тахсыбыта. Онно Туобуйа нэһилиэгин урукку Молотов аатынан колхоз бырабылыанньатын председателигэр Степан Иннокентьевич Васильевка уонна сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ Афанасий Николаевич Саввиновка 1948 сыллаахха 61 биэттэн 61 кулуну энчирэппэккэ ииппиттэрин иһин Социалистическай Үлэ Геройун аатын иҥэрбиттэрэ.