Төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай Дапсы – Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп төрөөбүт күнэ – «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнэ.
Сэтинньи 6 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһугар олохтоммут «Биһирэм тыл» күнэ быйыл төрдүс сылын ыытылынна. Сыл аайы буоларын курдук «Биһирэм тыл» күн чэрчитинэн “Дапсы дьыктаана” ыытылынна, уопсайа 5 киһи кыттыыны ылла.
