
Александр Алексеевич Габышев Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын 22 күнүгэр 1924 сыллаахха кыанар дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ.
1941 с. Ньурба оройуонун Араҥастаах нэһилиэгэр сэттэ кылаастаах оакуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. 1942 с. Алтынньы ыйыгар Ньурбатааҕы 2-с государственнай колхознай-драматическай театрыгар практикант-артыыһынан үлэтин саҕалаан 1949с. дылы артыыһынан үлэлиир.
1949 с. Алтынньытыттан Дьокуускайдааҕы П.А.Ойуунускай аатынан государственнай музыкальнай- драматическай театрга артыыһынан үлэлии сылдьан, 1950 с. М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай училищеҕа үөрэххэ барар (1950-1954 сс.). Училищены хойутуу 1962 с. бүтэрэр.
1954-1960сс. Дьокуускайдааҕы П.А.Ойунскай аатынан государственнай музыкальнай-драматическай театрга кылаабынай администраторынан, 1960-1963сс. Майа драматическай театрын сэбиэдиссэйэ, 1963-1966 сс. Дьокуускайдааҕы концертнай-эстраднай бюро дириэктэринэн уонна театр директорын солбуйааччытынан үлэлиир.
1966 с.Ньурбатааҕы көһө сылдьар государственнай драматическай театрга директорынан ананан тыа сиригэр салайааччы ыарахан үлэтин санныгар сүкпүтэ. Үрдүк таһаарыылаах салайар үлэтин сыаналаан үрдүкү салалта 1974 с. Дьокуускайга ыҥыран “Якуттеатр” объединение директорынан үлэлиир. “Якуттеатр” объединены уларыта тутуу буолбутугар, А.Габышев П.А.Ойуунускай аатынан государственнай музыкальнай – драматическай театрга директорынан хаалан, 1983 с. доруобуйатын туругунан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлиир.
1972 с. А.А. Габышевка Саха АССР театральнай искусствотын сайдыытыгар сүдү кылаатын иһин Саха АССР үтүөлээх артыыһа бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
Наҕараадалара: “В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамотата.
А.А. Габышев ыарахан ыарыыттан 1986 с. алтынньы 10 күнүгэр ѳлбүтэ.
Александр Габышев төрүтэ – удьуора.
Александр Алексеевич кимтэн кииннэҕин, хантан хааннааҕын ахтар буоллахха, эһэтэ Дмитриев Спиридон (Бээй) 1900 сылларга улуус кулубатынан ананан үлэлиэҕиттэн Хомустаах, Бүлүү өрүс бэтэрээ өртүгэр Торой диэн сиргэ, бириистэҥҥэ, борукуот тохтуур сирэ буолан, нэһилиэктэри аһынан, таҥаһынан хааччыйар кииҥҥэ кубулуйбут эбит. 1921 сыллаахха Торойго оскуола арыйбыта онно Петр Тобуруокап, Николай Якутскай курдук суруйааччылар үөрэммиттэр. Бээйдэр олорбут, олохсуйбут сирдэрэ “Чоҕунуур”, кинилэр икки оҕолоохтор эбит, кыыстара Мария Спиридоновна Ньурба олохтооҕор Попов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, онно олоҕун бүтэһик күннэригэр дылы олорбут. Уоллара Алексей Спиридонович Ньурба кыыһын, Габышева Мария Гаврильевнаны кытта холбоһон 1922 сыллаахха Николай, онтон 1924 сыллаахха Александр диэн уоллаттардаммыта.

Сэбиэскэй былаас олохтонуута, кыанардык, баайдык олорор дьон олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыта, бутуйбута. Дойду үрдүнэн буола турар быһыы, оҕолорго улаханнык дьайыаҕын билэн, аҕалара Дмитриев Алексей Спиридонович кэргэнин кытта арахсарга быһаарынар. “ Кулаак оҕолоро” диэн ол саҕана, ити хара мэҥ курдук, олохторун усталарын тухары соһуллан, үөрэнэллэригэр, үлэлииллэригэр улаханнык мэһэйдиирэ, хаайыыга түбэһэргэ биричиинэ буолара.
Мария Гаврильевна уолаттарын илдьэ Ньурбаҕа аймахтарыгар барар, оҕолор ол бириэмэҕэ Николай 6 , Александр 4 саастаахтар эбит. Мантан ылата оҕолор ийэлэрин араспаанньаларын ылан Габышевтар диэн буолаллар. Александры эдьиийэ Дмитриева Мария Спиридоновна иитэ ылар, онон кини Ньурбаны дойду оҥостор. Мария Гаврильевна Павлов Георгий Михайлович диэн киһиэхэ кэргэн тахсар, кулун тутар 21 күнүгэр 1932 сыллаахха Аэлита диэн кыыс оҕолоноллор, Онон Габышевтар үс буолаллар.

1946 сыллаахха Алесандр Алексеевич Габышев Ньурба улууһун Маалыкайыттан төрүттээх Григорьева Екатерина Гаврильевнаны кэргэн ылар. Габышевтар үс оҕолоноллор: Улахан уол Артур (1948с.т.) – идэтинэн тиис бырааһа, Валерия (1951 с.т.) – идэтинэн парикхмахер, Алексей (1957 с.т.) – идэтинэн быраас. Улахан уола ахтарынан „Киһи бэйэтэ дууһата сытар, сүрэҕэ таптыыр үлэтинэн дьарыктаныахтаах. Киһи кылаабынайа киһи киһитэ буолуохтаах“ – диэн этэр эбит.


Александр Габышев Араҥастаах оскуолатын сэттэ кылааһын кэнниттэн Бороҕоҥҥо „Чырааба“ холкуоска биригэдьиирдиир этэ. Ол сырыттаҕына театрга угуйбуттара. Итинтэн ыла кини олоҕо искусствоҕа анаммыта.
А.А.Габышев театральнай искусствҕ5а бэрт уһуннук – артыыс, администратор, дириэктэр быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини 1950-1954 сс. Москватааҕы Щепкин аатынан театральнай училищеҕа Ньурба оройуонуттан баран үөрэммитэ. Училищены 1962 с. үүлэлии сылдьан бүтэрбитэ. Кинини кытта бииргэ үөрэммит М.Гоголев, А.Кузьмина, Л.Сергучев, С Федотов, Ф. Потапов, А.Иванова, А.Адамова, Т. Мыреева уо.д.а. Саха театральнай искусствотын төһүү үлэһиттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай уонна үтүөлээх артыыстара, А. Иванова, Ф. Потапов, М.Гоголев, А.Кузьмина – РСФСР үтүөлээх артыыстара.
Александр Алексеевич .Габышев араас сылларга оонньообут театральнай уобарастара
- К. Симонов «Нууча дьоно» драматыгар: Т.П.Кычкин – Сафонов, А.А.Габышев – Васин, А.Г. Комаров – Гаврильев, В.Новгородов – глоба оруолларыгар (1947с.).
- Костокуун (Кёстюкюн) – М.Жирков, Волгин – А.Габышев, айанньыт – К.Троев.
- И.Находкин „Улахан до5ор“ спектакль (1960-1961сс.): Нагаев – М.Слепцов, Максим – М.гоголев, Лобов – А.Габышев.
- Софрон Данилов „Сахалар ааттарыттан“ спектакль (1960-1961сс) : полковник – А.Габышев
- А.Софронов – Алампа „Дьаданы Дьаакып“ спектакль (1962-1963сс.):Бэьиэччик (Бэсиэччик) – А.Габышев уо.д.а.






