Петров Иван Семенович

Петров Иван Семенович 1929 сыллаахха I-кы Үөдүгэй нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ, аҕата сэрии ыар сылларыгар утуу-субуу өлөннөр 3 оҕо тулаайах хаалбыттара. Бырааттара кыра буоланнар, кинилэри үөрэттэрээри колхозка үлэлии киирбитэ. 13 сааһыттан “Фрунзе” колхозка оҕус сиэтээччинэн үлэтин саҕалаабыта. Онтон арыый улаата түһээт, дьаамсыгынан, дьону таһааччынан үлэлээбитэ. Кыһынын бултаан туттарара. Армияттан кэлэн баран колхозка таба бостуугунан үлэлээбитэ. 1958 сыллаахха Афанасьева Ефросинья Егоровнаны кэргэн ылбыта. Онтон “Дүллүкү” совхозка сылгыһытынан 3 киһилээх биригээдэҕэ 10 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Бу үлэлээбит сылларыгар үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Верховнай Совет харчынан бириэмийэтинэн наҕараадаламмыттара. Бу оччолорго улахан ситиһии этэ. Онтон доруобуйата мөлтөөн уурайбыта. Аҕыйах сыл эмтэнэн, доруобуйатын көннөрүнэн баран, совхозка бастаан любитель булчутунан, онтон кадровай булчутунан олҕун бүтэһик сылыгар дылы үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ону туоһулууллар Правительство, Обком, Райсовет, совхоз дирекциятын элбэх ахсааннаах Махтал суруктара, наҕараадалара. Иван Семенович кадровай булчутунан “Дүллүкү” совхозка, онтон кэнники Хомустаах отделениетыгар үрдүк ситиһиини ситиспитэ. ВДНХ икки үрүҥ көмүс уонна биир боруонса мэтээлинэн, именной бэлэҕинэн наҕараадаламмыта. 1985 сыллаахха булт хаһаайыстыбатын уонна кыыл иитиитин сайыннарыыга ситиһиилэрин иһин, государствоҕа 40707 солкуобай сууммалаах түүлээҕи туттаран, ХІ пятилеткатааҕы сорудаҕын болдьоҕун иннинэ 3 төгүл куоһарбытын иһин, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотун Грамотатынан уонна “Нива” массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Бу үрдүк ситиһиилэрин учуоттаан 1986 с. Верховнай Совет Президиумун Уурааҕынан “Бочуот Знага” орденынан наҕараадаламмыта.