Федорова Марина Дмитриевна 1931 с. II Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр үстэр. Аҕата Федоров Дмитрий Титович холкуос председателинэн, сэбиэт председателинэн, биригэдьииринэн, кэлин пенсияҕа тахсыар дылы булчутунан үлэлээбитэ. Ийэтэ – Федорова Евдокия Егоровна холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Кырыкыйтан Хомустаахха көһөн киирэн олохсуйаллар. Үрэҥ оскуолатыгар үһүс кылааска дылы үөрэнэр. 1941 с. Аҕа дойду сэриитэ буолар. Марина тоҕус саастааҕар, 1941 сыллаахха, бастакы хомуурга Хомустаахтан аҕата сэриигэ барар. Эр дьон үксүлэрэ сэриигэ барбыттарыгар, улахан дьону кытта тэҥҥэ оҕолор үлэлэһэн бараллар. Ол курдук кини араас үлэлэргэ тэҥҥэ үлэлиир, оҕус сиэтиититтэн саҕалаан, күһүн от кээһэллэригэр оҕонньоттор кыайан от үрдүгэр тахсыбат буоланнар, от үрдүгэр таһааран от тэбистэрэллэр эбит. Күһүн бурдук быһыытыгар эмиэ тэҥҥэ үлэлэһэрэ. Сэрии ыар сылларын эттэринэн-хааннарынан билэн этэҥҥэ син туорууллар. Аҕалара 1943 с. бааһыран, контузияланан, сэрииттэн эргиллэн кэлэр. 14 саастааҕар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьан кыайыы буолтун истибит. Хомустаахха Ленин аатынан холкуоска 1967 с. дылы доярканан үлэлээбитэ, ыал буолан 2 оҕолонор: Валерий уонна Валя. 1967 с. холкуос бөдөнсүйбүтүн кэннэ Дүллүкүгэ көһөн киирбитэ, ньирэй көрөөччүнэн пенсияҕа тахсыар дылы үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ситиһиилээх, үтүө суобастаах үлэтин правительство үрдүктүк сыаналаабыта. 1941-1945 сс. үтүө суобастаах үлэтин иһин Сталин медалынан, чемпион ленталарынан, вымпелларынан, Саха АССР Верховнай Советын грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадалаабыттара, наставник үрдүк аатын биэрбиттэрэ. Оройуоннай, республиканскай, областной слеттар, Саха сирин профсоюзтарын ХІІІ уобаластааҕы конференцияҕа делегатынан талыллан сылдьыбыта. ІХ, Х пятилеткалар ударниктарын аатын ылбыта. Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, 5 төгүл ВДНХ үрүн көмүс, 1 боруонса медалларынан наҕараадаламмыта. ССРС Верховнай Советын Президиумун грамотатынан, 3 төгүл ВДНХ путевкатынан наҕараадаланан Москваҕа выставкаҕа бара сылдьыбыта. 1977 с. Үлэ Албан аатын III степеннээх орденынан уонна элбэх юбилейнай медалларынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта. Марина Дмитриевна 2001 с. кулун тутар 4 күнүгэр 70 сааһыгар сылдьан олохтон туораабыта.