










Ыам ыйын 26 кунугэр Хомустаах нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар «Библиотека күнэ» бэлиэ күн буолан ааста. “Кинигэ күүһэ” диэн акцияҕа кыттыыны ылыыттан саҕаланна. Хомустаах нэһилиэгин Н.А.Габышев аатынан сүрүн оскуолатын биология уонна химия учуутала Поротова Христина Петровна “Герой оҕолор” кинигэттэн “Леня Голиков хайдах Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбутай” кэпсээни алын кылаас оҕолоругар ааҕан иһитиннэрдэ. Бары кыттыбыт оҕолорго “Кинигэ күүһэ” акция сертификатын туттарылынна.
«Человек читающий» хаартыска курэҕэ, «Подарок для любимой книги» иккис кылаас оҕолоругар алын сүһүөх учуутала Алексеева Елена Михайловна кинигэҕэ закладка оҥоттордо, түмүккэ «Я люблю библиотеку» диэн фотозонаҕа хаартыскаҕа түһүү буолла.