Сэмэн Руфов — суруйааччы, саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ төрөөбүтэ 95 сыла.

  • 1927 сыллаахха ахсынньы 7 күнүгэр Саха АССР Үөһээ Бүлүү оройуонун Тамалакаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1942 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбит.
  • 1954 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуола бибилэтиэкэҕэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит.
  • Хас да сыл тыа сирин бибилэтиэкэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.
  • 1957—1958 сс. — “Эдэр коммунист” хаһыат литсотруднига.
  • 1962 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 1963 с. А. М. Горькай аатынан Литература институтун үөрэнэн бүтэрбит.
  • 1991 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.