“Олоҥхо дьыктаана”

Сэтинньи ый 25 күнэ — Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиир ураты күн . Бүгүн Хомустаах нэһилиэгэр ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА-2022 ыытылынна. Дьыктаан тиэкиһэ П.А. Ойуунускай саха норуотугар киэҥник биллибит «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхотун тылларыттан сурулунна, тиэкиһи олохтоох Н.А. Габышев аатынан сүрүннүүр оскуола учуутала У.В. Павлова аахта. Дьыктааҥҥа уопсайа 10 киһи кыттыыны ылла.