“Дапсы дьыктаана”

Тыл билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, «Ийэ тыл» Тойон Сүбэтин  чилиэнэ, «Биһирэм тыл» биэрии ааптара, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык киһитэ Михаил Петрович Алексеев-ДАПСЫ күн сирин көрбүт күнүгэр биһиги улууспутугар “Биһирэм тыл” күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн үгэскэ кубулуйбут “Дапсы дьыктаана” ыытыллыбыта. Ол курдук биһиги нэһилиэккэ ыытыллыбыт “Дапсы дьыктааныгар” уопсайа 9 киһи кыттыыны ылбыта. Дьыктаан түмүгэр кыттааччылар бары туоһу суругунан бэлиэтэммиттэрэ. “Бастыҥ суруксут” буолбута Попова В.В.