“Дьиэ кэргэн олоҕун араҥаччылара”

Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕадыйар да кэмҥэ, кырдьан сорсуйар да сахха, Ийэ барахсан кэккэлэһэ сылдьара, тустаах киһиэхэ-улуу дьол.

Б.Н.Попов, профессор, философскай наука доктора

Саха омук былыр-былыргыттан, айылҕаны кытта алтыһан, бытарҕан тымныыны кытта туруулаһан, өҥүрүк куйааһы этинэн-хаанынан тулуйан, өбүгэ саҕаттан бу тыйыс айылҕалаах сиргэ-уокка олохсуйан, омук быһыытынан ууһаан-тэнийэн бүгүҥҥү күҥҥэ кэллэҕэ.

Күн күбэй ийэ…Ийэ барахсан… Бу тылга оҕо саас, төрөөбүт-үөскээбит дьиэ-уот, муҥура биллибэт итии, сылаас таптал илгийэргэ дылы, аан дойду дьоно бүтүннүү омугуттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох бары ийэттэн кэлбиппит, ийэ сылаас тапталынан угуттанан киһи буолбуппут.

Биһиги нэһилиэкпитигэр урукку сэбиэскэй кэмҥэ икки Герой ийэ олорон үлэлээн ааспыта, нэһилиэк киэн туттуута кинилэр этилэр.

  • Михайлова Зинаида Трофимовна
  • Николаева Раиса Алексеевна

Нэһилиэкпит Герой ийэлэрэ олорбут олохторо, үлэлээбит үлэлэрэ, оҕоҕо күүстээх тапталлара өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо, киэн туттуута буола туруо, үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.

2004 сыллаахха “Ийэ Албан аата” знагынан наҕараадаламмыт 8 оҕолоох Васильева Мария Егоровна баар.

Михайлова Зинаида Трофимовна – герой ийэ.
        

Былыр биһиги өбүгэлэрбит оҕо төрөөтөҕүнэ «кыыс холумтана сылаас буолуо» – диэн олус үөрэллэрэ. Саха дьоно билигин даҕаны киһи оҕо – уруу төрөтөөрү орто дойдуга олорор диэн санааннан салайтараллар. Уонна олохторун бүттүүнүн оҕолоругар аныыллар. Урут саха дьахталлара Айыыһыт – хотун төһөнү – хаччаны биэрбитинэн оҕолоноллоро уонна таҥара биэрбитэ оччо диэн буолаллара.
Ол курдук биһиги Хомустаахпыт нэһилиэгэр элбэх оҕолоох герой ийэ Михайлова Зинаида Трофимовна. Кини от ыйын 10 күнүгэр 1938 сыллаахха Хомустаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Уон алта сааһыттан колхозка үлэлии киирбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин икомсомол кэккэтигэр киллэрбиттэрэ. Урукку кэм ирдэбилинэн ыарахан үлэлэри үлэлээбитэ. Ол үлэтэ сыаналанан нэһилиэк бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Кэргэнэ Михайлов Алексей Егоровичтыын 1961 сыллааххахолбоспуттара. Уонтан тахса оҕоломмуттара. Сэтинньи 25 күнүгэр 1977 сыллаахха Герой-ийэ үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ. Кэргэнэ Алексей Егоровичтыын иккиэн Үлэ бэтэрээнэ буолбуттара. Зинаида Трофимовна киһи быһыытынан сүрдээх эйэҕэс майгылаах, эппитин киһиэхэ ылыннарар уонна өйдөнөр гына этэрэ.
Билигин Зинаида Трофимовна оҕолоро, сиэннэрэ Хомустаах нэһилиэгэчэчирии сайда турарын туһугар үлэлии – хамсыы, үөрэнэ сылдьаллар. Михайловтар сыдьааннара салҕанан бара туруо.    

Николаева Раиса Алексеевна герой ийэ.

Ийэм туһунан.

Мин ийэм Николаева Раиса Алексеевна 1941 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Кырыкый нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Матрена Ефимовна, аҕата Алексей Спиридонович Николаевтар диэн этилэр. Эһэбит уоттаах сэрии кыттыылааҕа, 1980 сыллаахха өлбүтэ. 1948 сыллаахха Чапаев (Кырыкый) оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ыалдьан оскуоланы ситэри бүтэрбэтэҕэ.

1959 сылтан ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыта. 1960 сыллаахха Иванов Роман Ивановичтыын ыал буолан Далырга олорбуттара. Кэлин Дүллүкү Үрэнигэр кэлэн олорбуттара. Биэс оҕону төрөппүттэрэ. Олохторо табыллыбакка арахсыбыттара.

1974 сыллаахха Хомустаахха Кухотов Павел Александровичка кэргэн тахсан биэс оҕону төрөппүтэ. 1979 сыллаахха 10 оҕону төрөппүтүн, иитэрин иһин Герой–Ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ.

Ийэбит оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах буолан, оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, ыарахан ыарыыттан 1987 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

Биһиги ийэбит, төһө да кылгас олоҕу олорбутун иһин, ийэ быһыытынан амарах сыһыанынан, истиҥ тапталынан биһигини ииппитэ. Ис хааныттан сүрдээх чэнчис, түргэн туттуулаах этэ. Майгытынан сүрдээх эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ, элбэх дьүөгэлэрдээх, дьону кытта уопсай тыл булумтуо, ыалдьытымсах, куруук хоноһолоох буолааччы.

Биһигини, оҕолорун көрөрүн-истэрин  таһынан, совхоз үлэтигэр ньирэй көрөрө, эбии кэтэх хаһаайыстыбатын дьаһыйара. Үчүгэй үлэтин быһыытынан бэлиэтэммит грамоталара ону туоһулууллар.

Карадчина (Николаева) Мария Романовна