Анисимов Павел Иванович Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү нэһилиэгэр 1938 с. төрөөбүтэ. 3 кылааһы үөрэнэн бутэрбит уонна дьоно кыаммат буолан салҕыы үөрэммэтэх. 1954 сылтан колхоз чилиэнэ буолан үлэтин сылгыһытынан саҕалаабыта. 1963 сылга Хомустаах биригээдэтигэр “Чоҕунуур” ферматыгар, эт бородууксуйатын үрдэтиигэ социалистическай куоталаһыыга кыттыбыт.
Оччолорго фермаларга ньирэйи подсостаан эмтэриигэ аһатан, улаатыннаран үрдүк кирбиини ситиһэн, республикаҕа миэстэлэһэн “Отличник социалистического соревнования с/х РСФСР” диэн бэлиэ анаммыта. Онтон 1965 сылтан тракторист курсугар үөрэнэн баран, дойдутугар тракториһынан үлэлээбитэ. Трактористар икки ардыларыгар В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолар юбилейнай сылыгар куоталаһыыга Үөһээ Бүлүү оройуонугар үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэн, юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаламмыта “За доблестный труд. Во знаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина”. Оччотооҕу бириэмэҕэ дьон бары колхоз туһугар күннэри-түүннэри бириэмэни аахсыбакка, быһа холоон сууккаҕа 15-16 чаас үлэлиир эбиттэр.
1972 сыллаахха кураан туран, ходуһаларга от үүнүүтэ мөлтөөбүтэ, ол иһин механизированнай звено тэринэн 4 киһилээх, МТЗ-52 маркалаах трактордаах уонна талах кырбыыр дробилкалаах Хомустаах сиригэр Торой арыытыгар үлэлии барбыттар. Ол саҕана ирдэбил олус кытаанах эбит. Биир сарсыарда алта чаас иннинэ үлэлээн эрдэхтэринэ. Үөһээ Бүлүү райкомун секретара Михаил Ефимович Николаев кэлэн хонтуруоллаан барбыт, Торой арыытыгар. Ол кыһын 1500 тонна талаҕы кырбатан, “Дүллүкү” совхоз учаастактарыгар эбии аһылыгынан общественнай сүөһүнү хааччыйбыттар.
Республикаҕа үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэн “Знак Почета” орденынан наҕараадаламмыта. “Ойбон Күөл” ферматыгар механизированнай хотоҥҥо механигынан, хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ити сылларга Дүллүкү отделениета республикаҕа, РСФСР-га бастаан Кыһыл Знамяны ылар чиэскэ тиксибитэ.
1985 сылтан учаастактары бөдөҥсүтүү программатыгар олоҕуран Хомустаах бригадатын отделение онорбуттара. Ол сыл Хомустаахха управляющайынан ананан үлэлиир. Үлэлиир кэмигэр элбэх тутуу барбыт. Ол курдук оскуола, детсад, гараж, 4 квартиралаах олорор дьиэлэр, Түөкэй ферматыгар 200 ынах турар хотоно, ыһыахтыыр площадка. Сити кылгас бириэмэ иһигэр улахан ситиһиилээх үлэ барбыт. Кыайыы 45 сылын көрсө Хомустаах нэһилиэгэр памятник оҥоһуллубут.
Кэлин араас үлэлэргэ: сылгыһытынан, пилорамшигынан, кадровай булчутунан үлэлээбитэ. 1993 сылга бочуоттаах сынньалаҥҥа, пенсияҕа тахсыбыта.