Хаһан киһи-сүөһү айыллыаҕыттан, сир-дойду, киһи-аймах мунньустан олорбут олоҕо, үлэлээн-хамнаан кэлбитэ барыта историялаах. Ол иһин биһиги нэһилиэк урукку өттүгэр хайдах үөскээн-төрөөн тиийэн кэлбит кэрчик кэмин суруйаарыбыт, бу нэһилиэк туһунан тугу билбиппитин хомуйан оңордубут. Бу суруйууну эдэр көлүөнэ өссө үөрэтэн салҕыырыгар көмө буолуохтаах. Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын кырдьаҕас көлүөнэ ахтыытыттан, архыыптан туһанныбыт.
Түҥ былыргыттан үйэлэри уҥуордаан өбүгэ сэһэнэ уостан уоска, киһиттэн киһиэхэ бэриллэн ааспыт олох суола буолан Хомустаах эбэ туһунан үһүйээн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тиийэн кэлбит.
***
Түң былыр биир Бэти диэн киһи Бүлүү өрүһүнэн тыынан устан айаннаан иһэн көрдөҕүнэ, хайа үрдүнэн тыыраахылар көтөллөрүн көрөн «манна арааһа күөл баар эбит»,- диэн тохтоон көрөргө санаммыт. Хайаны дабайан тахсан көрбүтэ сүрдээх улахан күөл баар эбит. Манна ураһа түһэринэн: «Киһи олохсуйуох бултаах-астаах сир эбит,»-диэн сөбүлээн тохтообут. Онон бу күөл дьиңнээх аата «Ураһа онно» диэн эбит. Ону билигин барытын холбоон «Хомустаах» диэн ааттыыбыт. Онон дьиҥнээх аата сүтэн симэлийэн хаалбыт.
***
Нэһилиэк аата Хомустаах. Үһүйээн кэпсииринэн кыргыс үйэтигэр Хомустаах Эбэ күөлүн кытыыта барыта хомуһунан саба үүнэн турара. Бу сиргэ тигиилээх сирэйдээх кыргыс дьоно кэлбиттэр уонна олохтоох дьону тута-тута өлөртөөбүттэр, арай биир эмээхсин эриэн тыһы тыһа5аһын кытары хомус быыһыгар киирэн саһан хаалбыт, ону көрдүү сатаан баран булбатахтар. Бу күөл тоҕус тумуллаах, бу тумулларга тоҕус буойун маска тахсан олорон кукууктаан бараннар тарҕаспыттар. Онтон ыла бу күөл «Хомустаах» диэн ааттаммыт.
***
Мантан илин силбэһэ сытар күөл туһунан эмиэ үһүйээн этэринэн дулҕалаах баҕайы сиргэ биир тулаайах эмээхсин уолунаан олорбуттар. Бу дулҕа быыһыгар дириң көлүччэлээх эбитэ үһү. Биирдэ бу эмээхсин уола көлүччэттэн чөркөөкү өлөрбүт уонна онтун ылаары ууга түһэн өлбүт. Эмээхсин эрэйдээх ытаабыт-соңообут. «Сэгэттэй бэйэлээхпин, биир чөркөөкүнэн түөкэйдээн, сиэтэххин!»-диэбит. Онтон ыла бу сир аата «Түөкэй» диэн буолбут.
***
Аны бу эбэттэн соҕуруу сытар күөл туһунан: «Бээтилэр» диэн баай ыаллар билиңңи «Кэрбэңнээх» уонна «Эбэ» икки ардыгар олорбуттар. Бу олус кэччэгэй баай эбит. Мэлдьи борооску, тарбыйах тириитэ таңастаах, собулҕаны кэрбээн сиир киһи үһү, элбэх ынах сүөһү баайдаах эрээри хаһан даҕаны тото-хана аһаабат идэлээх ураты кэччэгэй киһи эбит, ол иһин кини олорбут өтөҕүн «Кэрбэңнээх» диэн ааттаабыттар.
Прокопьев Семен Степанович.
Кини эдэр сылдьан Сыалбаан
кыыһа Маарыйа кэпсиирин истэрэ.
Бу ыаллар «Мастыыр маарга» олорбуттар.
***
Эбэ күөлтэн соҕуруулуу илин сытар сиргэ урукку улахан хоруу баар. Бу хоруу Бүлүү өрүс Туостаах арыытыгар түһэр, сүрдээх дириҥ. Бу хорууну элбэх сүөһүлээх улахан баай киһи мэччирэҥ сирин кэҥэтээри дбону үлэлэтэн хастарбыт. Уонна ууну төлө тардар күҥҥэ улахан баайтаһын кур оҕуһун малааһыҥҥа сиэтиэх буолбут. Дьон итиччэ үөрүүлээх сураҕы истэн, сарсыҥҥы күҥҥэ улахан малааһын буоларын күүтэн, киэһээ эрдэ дьиэлэригэр тарҕаһан утуйан хаалбыттар. Дьон бары утуйбутун кэннэ били баайбыт оҕуһун көҥөнөн бэйэтэ баран, бүөлээн сытар сирдэрин хаһан уутун төлө тардан ыытан кэбиспит. Сарсыарда уһуктубуттара уулара баран хаалбыт. Дьоннор кэлэйэн «оҕуспут сытын эрэ билэн хааллыбыт» дэспиттэр. Билигин ол хоруулаах сир аата “Сыт билэр” диэн ааттаах.
***
Былыргы дьыл былдьаһыктаах мындаатыгар биһиги сирбитигэр сүрдээх кырасыабай көрүҥнээх Күбэйики диэн кыыс олорбут. Бу кыыһы икки аатыра сылдьар буойун уолаттар кэргэн ылаары күрэс былдьаспыттар. Билигин Күбэйики диэн ааттанар күөл баһыгар баар Былдьаһыктаах алааска киирэннэр үс түүннээх күн устата туста сатаабыттар да, хайалара да иннин биэрбэтэх. Ол иһин аны үҥүү быраҕан куоталаспыттар. Томтор үөһээ тахсан иккиэн үҥүүлэрин кыыраппыттар уонна сырсан элээрпиттэр. Биирдэрин үҥүүтэ быдан ыраах кыырайан, билигин ааттанарынан «Үҥүү сүппүт» туһунан түһэн баран көстүбэтэх. Хойут бу сиртэн Прокопьев сүрдээх улахан икки өттүнэн биилээх, төбөтө тостубут үҥүүнү булан турардаах.
Герасимов Николай Данилович.
***
«Хараҥа Уулаахха» олорбут Мойооску Ньукулай туһунан номох. Мойооску Ньукулай ханна да сураҕыран биллибэтэҕин да иһин, бэйэтин дойдутугар улахан күүстээх киһинэн биллэрэ. Мойооску улахан түөртээх атыыр оҕуһа ууга түһэн өлбүтүн муоһуттан ылан сыарҕаҕа тиэйэн таһааран дьиэ үрдүгэр бырахпыт. Маннык күүстээх киһи эбит, кыыһырдаҕына тугу да киһилээбэтэ үһү. Бу бырахпыта манныктан: Аҕалара Баһылай оҕонньор «Оҕускут ууга түһэн өлбүт, таһааран астаан кэбиһээриң»,-диэбит. Ону бырааттара Мойооскуга албыннаан «Борооску ууга түһэн өлбүт, ону хостоон таһаарар үһүгүн»,- диэбиттэр. Мойооску көрбүтэ борооску буолбакка түөртээх атыыр оҕус эбит, онтон кыыһырбыт. Бу «Үнүкээн күөлгэ» эбит. Мойооску оҕуһу муустары майыырдары балаҕан үрдүгэр кыыраппыта баччааҥҥа дылы номох буола сылдьар.
Иккис түбэлтэ: «Хараңа Уулаахха» дьиэ туттубут. Тойон өһүөтүн түһэрэн тиңэһэ оҕуһунан состорбута оҕуһа кыайбатах. Ол иһин аҕатыттан оҕус көрдөөбүт. Аҕата «бэйэҥ көлөлөөххүн онтуккунан киллэрин»,- диэн биэрбэтэх. Онтон кыыһыран, өһүөтүн бэйэтэ сүгэн киллэрбит. Өһүөтүн модьута туоратынан 35 см. кэриңэ диаметр үһү.
Үһүс түбэлтэ: Мойооску сир соломмут. Солуу сылдьар сиригэр 5 баай тиит биир чөҥөчөктөн үүнэн тахсыбыттар эбит, ону 160 см. үрдүктээх киһи үрдүгүнэн кэрдэн охтортообут, онтон чөңөчөгүн түөрбүт, онтун үс мас остуолба бүтэй үрдүнэн бырахпыт, онтуката төбөтүнэн түһэн ортотугар диэри буорга батары түспүт. Ол чөңөчөктөр билигин да бааллар.
Төрдүс түбэлтэ: Ото эстэн саас аҕатыттан от көрдөөбүт. Аҕата «Үнүкээнтэн киирэн ыл», – диэбит. Оҕус уларсыбатах. Ол иһин бэйэтэ киирбит. Балтараа оҕус сыарҕатыгар тиэйэргэ холоонноох от баарын 4 өтүү быанан (6-лыы быластаах) кириэстии баайан, туорайдаах мас атырдьах оңостон, дьиэтигэр сүгэн таһаарбыт.
Бэһис түбэлтэ: «Бурдук ыһарыгар көлөтө суох буолан, сухатын бэйэтэ соһон га аңаарын курдук сири бэйэтэ тардан, бурдугун ыстыбыт»,- диэн былыргы дьоннор кэпсэтэллэрин истэр этим.
Хомустаах былыргы олохтоохторун,
урукку ааспыт кэми кырдьаҕастартан истибит
кэпсээннэриттэн ахтыы оңордо
Федоров Василий Дмитриевич.